Video de: Mahtanabin Thanks Lyrics Aiyllaana Semenova » Lyrics Fox.MusicaDe.Win

Bienvenidos a Fox.MusicaDe.Win Disfruta del Video de: Mahtanabin Thanks 2025 Aiyllaana Semenova » Lyrics y comparte musicas con los amigos, Musica Gratis 2025! Fox.MusicaDe.Win!.

Video de: Mahtanabin Thanks Lyrics Aiyllaana Semenova » Lyrics

Aiyllaana Semenova - Mahtanabin Thanks Lyrics



Махтанабын (Thanks) Lyrics[Текст песни «Махтанабын»]

[Куплет 1: KitJah]
Хаамабыт олох чараас мууһун үрдүнэн сэрэнэн үктэнэн
Быстыбаттыы бааллыбыппыт дьылҕабыт быатынан
Эн, мин дьолунан эрэ бүрүнэн
Баҕа санааҕын үтүктэн, күлүккүн солбуйан
Олоруом эн биһигини эрэ сылытар уоту оттунан
Сыһыаны сөргүтэн сылдьыам үйэм ордугунан
Дьантан-дьааттан, им балайтан Дьалаҕай баламаат быһыыттан
Быыһаата кини миигин тапталынан кынаттаан
Көтөбүт сэгэрбинээн күн матыыбар уйдаран
Күн матыыбар уйдаран, күн матыыбар уйдаран
Бу дойдуга баарбына сүрэхпэр аналым аата
Күн матыыбар уйдаран, күн матыыбар уйдаран
Бу дойдуга баарбына кини мин олоҕум кыыма
Манньытар, абылыыр сүрэҕим эрэлэ
Биирдэ бэриллибит олоҕум киэргэлэ
Кини эрэ, сүрэхпэр кини эрэ

[Припев: KitJah]
Элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
Аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ
Элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэкэй
Сир сиһин ньуурун үрдүгэр сэгэрбэр эрэ
Элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
Аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ
Элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэкэй
Сир сиһин ньуурун үрдүгэр сэгэрбэр эрэ

[Куплет 2: KitJah]
Бүтүннүү бэйэбин эйиэхэ биэрэбин
Эн эрэ миигин уматаҕын уотунан
Испиттэн дууһабын сылытаҕын
Кэрэнэн тулабын киэргэтэҕин
Ырыабар ылланаҕын, баҕа санаабын таайаҕын
Хара уһун суһуоххунан, сырдык сэмэй мөссүөҥҥүнэн
Дириҥ куйаар хараххынан ыллын дии миигин абылаан
Эйиэхэ тэҥниир мааным оннооҕор айылҕаҕа суох
Ханна да орто-туруу баар аан дойдуга
Эйигин мин олохпор ким да солбуйуо суоҕа
Көрдөөбүтүм эйиигин ууга, көрдөөбүтүм курааҥҥа
Итэҕэйбэт этим эн бааргын бу орто дойдуга
Дьэҥкир уулуу ыраас түүҥҥү халлаанныы хараҥа
Иэйиилэрбин киллэрэр мин тапталым хараҕа
Быстыбаттыы бааллыбыппыт дьылҕабыт быатынан
Махтанабын ийэҕэр, махтанабын аҕаҕар
Эн курдук кэрэ киһи мин аттыбар баарыгар
Биһилэх кэппитигэр, кэргэним дэммитигэр

[Припев: KitJah]
Элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
Аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ
Элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэкэй
Сир сиһин ньуурун үрдүгэр сэгэрбэр эрэ

[Аутро: Айыллаана Семенова]
Элэккэй, дууһам эйиэхэ нэлэккэй
Аламай күн уотун анныгар эйиэхэ эрэ

Mahtanabin Thanks » Aiyllaana Semenova Letras !!!

Videos de Aiyllaana Semenova

Esta web no aloja ningun archivo mp3©Fox.MusicaDe.Win 2025 Colombia - Chile - Argentina - Mexico. All Rights Reserved.

Musica Online, Escuchar musica online , Musica En Linea, Musica en linea gratis, Escuchar Musica Gratis, Musica Online 2025, Escuchar Musica

Musica 2025, Musica 2025 Online, Escuchar Musica Gratis 2025, Musica 2025 Gratis, Escuchas, Musica de Moda.