Ыллаа, гитарам (Sing my guitar) Lyrics[Текст песни «Ыллаа, гитарам»]
[Куплет 1]
Хоспор мин соҕотоҕун чуҥкуйан олорон
Эйигин илиибэр ылабын
Эн кэрэ нарын ырыаҥ көттүн ыраах сылларга
Көттүҥ, тохтуур диэни билбэккэ
[Припев]
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан
Дьиэрэй, дьиэрэй эн ыраахха
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан
Дьиэрэй, дьиэрэй мин гитарам
Дьиэрэй, дьиэрэй мин гитарам
Дьиэрэй, дьиэрэй мин гитарам
[Куплет 2]
Оргууй илиибэр ылан кылыстаргын тардыалаан
Араас дорҕооннору таһаарабын
Ыллаа эн миэхэ, ыллаа эдэр саас ыллыыр ырыатын
Ыллаа көтөөт ыраах саҕахха
[Припев]
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан
Дьиэрэй, дьиэрэй эн ыраахха
Ыллаа, ыллаа ыраас ыра санаанан
Дьиэрэй, дьиэрэй мин гитарам
Дьиэрэй, дьиэрэй мин гитарам
Дьиэрэй, дьиэрэй мин гитарам