Ийэҕэ махтал (Thanks mom) Lyrics[Текст песни «Ийэҕэ махтал»]
[Куплет 1]
Сарсыарда күнү тулалыыр эйгэ
Үөрэ сонургуу көрсөрүн курдук
Эйигин мин ыраата сылдьан
Ахтарым ордук күүһүрэр, күүһүрэр
[Припев]
Ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
Эн баар буолаҥҥын, көрөбүн
[Куплет 2]
Өйдүүгүн дуо, ийэ, бастакы атылбын
Аан бастаан «Ийэ» диэн үөрдүбүт күммүн?
Билэҕин дуо, ийэ, эйиэхэ махталым
Уолан бүппэт үрэх буолан кутулла туруо
[Припев]
Ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн
[Куплет 3]
Бу ырыам тыллара үйэттэн үйэҕэ
Бэриллэн ыллана туруо куруутун
Бу ырыам матыыбын күөх тайҕа суугунаан
Ыллыы туруо өрүүтүн, өрүүтүн
[Припев]
Ийэм, ийэкээм, ийэкээм барахсан
Туохтан да ордук күндүгүн миэхэ
Ийэм, ийэкээм, мин дьолу, олоҕу
Эн баар буолаҥҥын көрөбүн