[Текст песни «Бэлэхтээ тапталгын»]
[Куплет 1]
Түүн аайы сулустар халааҥҥа тыгалларын
Көрөҕүн даҕаны билбэккин дии хастарын
Онтон миэхэ биири бэлэхтиэм диэн этэҕин
Сулустар таҕыстылар да, тиийэн кэлэҕин
[Припев]
Доҕоччуок, сулустар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар, миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарын тылларыҥ, ырыаларыҥ
[Куплет 2]
Саха сирин саамай күндү тааһын алмааһы
Бэлэхтиэҕим диигин өссө элбэх арааһы
Өйдөөрүүй сэгэриэм ити олус диэн кэрэ
Ол да буоллар миэхэ син биир тиийбэт туох эрэ
[Припев]
Доҕоччуок, алмаастар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар, миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарын тылларыҥ, ырыаларыҥ
[Инструментал]
Ырыаларыҥ
Тылларыҥ
[Куплет 3]
Түүн аайы сулустар халааҥҥа тыгалларын
Көрөҕүн даҕаны билбэккин дии хастарын (Эн билбэккин)
Онтон миэхэ биири бэлэхтиэм диэн этэҕин
Сулустар таҕыстылар да, тиийэн кэлэҕин
[Припев]
Доҕоччуок, сулустар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар (Хааллар), миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарын тылларыҥ (Тылларыҥ), ырыаларыҥ
Доҕоччуок, алмаастар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар, миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарын тылларыҥ, ырыаларыҥ
(Ырыаларыҥ, тылларыҥ)
Наада миэхэ эйигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарын тылларыҥ, ырыаларыҥ
Доҕоччуок, сулустар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар (Хааллар), миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарын тылларыҥ, ырыаларыҥ