[Текст песни «Дьоллоох Эрэ Буол»]
[Куплет 1: Конон Ноговицын, Антон Иванов, Конон Ноговицын & Антон Иванов]
Мин санаатым бу олорон эйигин
Санаарҕаатым, таҥнарбытын эрэлбин
Мин сүрэхпэр дириҥ бааһы хааллардын
Мин тапталбын сыыска-буорга тэбистин
Эрэйдээтин
[Припев: Нарияна Куо]
Ханна да эн тиий, ырыабын истиий
Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий
Кимниин да эн буол, дьоллоох эрэ буол
Кыыһырбаппын эйиэхэ
[Куплет 2: Конон Ноговицын & Антон Иванов]
Сарсын эмиэ саҥа күһүн үүнүөҕэ
Онтон миэхэ син биир маннык буолуоҕа ([?] кута)
Таммалыыр мин ытыспар бу дойдуга
Барыта бороҥ буолла (Миэхэ өллө)
[Припев: Нарияна Куо, Антон Иванов, Антон Иванов & Нарияна Куо]
Ханна да эн тиий (Ханна да эн тиий), ырыабын истиий (Ырыабын истиий)
Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий
Кимниин да эн буол (Кимниин да эн буол), дьоллоох эрэ буол
Кыыһырбаппын эйиэхэ
[Куплет 3: Конон Ноговицын & Нарияна Куо]
Ханнык даҕаны кыыс эйиэхэ син биир тиийбэт (Да?)
[?] сүрэҕиҥ хомойор диэни билбэт (Эс)
Эйигин көрбөтөҕүм өр да өр буолла
Ол гынан бараҥҥын дьүһүнүн өйбөр хаалла
Эйигин санааммын мин сүрэҕим олус ыалдьар (Чэ)
Эйигин кытта буолуохпун баҕарабын этэн
Кыыһы көрөммүн мин эйигин саныыбын (Кэпсээ-кэпсээ)
[?], доҕорум, мин эйигин таптыыбын
Кэлиий көһүүй эн миэхэ, дьол кэлиэҕэ биһиэхэ
Туох баар тапталбын, олохпун эйиэхэ аныаҕым
Ханна да эн тиий, ырыабын истиий
Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий
[Припев: Нарияна Куо, Антон Иванов, Конон Ноговицын, Нарияна Куо, Антон Иванов & Конон Ноговицын]
Ханна да эн тиий (Ханна да эн тиий), ырыабын истиий (Ырыабын истиий)
Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий
Кимниин да эн буол (Кимниин да эн буол), дьоллоох эрэ буол (Дьоллоох эрэ буол)
Кыыһырбаппын эйиэхэ
Ханна да эн тиий (Ханна да эн тиий), ырыабын истиий (Ырыабын истиий)
Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий
Кимниин да эн буол (Кимниин да эн буол), дьоллоох эрэ буол (Дьоллоох эрэ)
Кыыһырбаппын эйиэхэ
[Аутро: Конон Ноговицын]
Ханна да эн тиий
Ырыабын истиий өрүү таптыырбын умнума